Ийэ… Аан дойдуга туох барыта иилээх-саҕалаах, ол тэҥэ ким барыта төрөппүт ийэлээх. Бу орто дойдуга, бу аан ийэ сиргэ саамай кэрэ тыл — Ийэ. Күн сирин күндү киһитэ, аан дойду аанньала — Ийэ. Ийэ суолтата туохха да тэҥнэммэт сүдү күүстээх, дириҥ ис хоһоонноох барҕа баай өйдөбүл.
- 23/10/2024
- 9
- нет
Сахабыт сирин бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев 1993 сыллаахха таһаарбыт ыйааҕынан, алтынньы ый үһүс өрөбүлүгэр саха сирин Ийэлэрин күнүн бэлиэтиибит. Бу үтүө күн чэрчитинэн нэһилиэкпитигэр алтынньы ый 19 күнүгэр «Ийэ — сирдээҕи аанньал» диэн бырааһынньыктааҕы биэчэр буолан ааста. Күндү ийэлэрбит сандалы остуол тула олорон, сэлэһэн, сэргэх сонуннарын атастаһан, оонньоон-көрүлээн сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.